08.05.2025 «Өйдөбүнньүк төлөнө»

08.05.2025 «Өйдөбүнньүк төлөнө»

Улуу сэрии кыайыытын 80 сылын бэлиэтиир тэрээһин ыам ыйын 8 күнүттэн саҕаланна. Киэһэ 9 чаастан олохтоохтор мустан, «Өйдөбүнньүк чүмэчи», «Бессмертный полк» аахсыйаҕа кытыннылар. Аахсыйа «Тоҕус туруйа» мемориалга ыытылынна.  Хас биирдии оҕо, улахан дьон сэрии толоонуттан эргиллибэтэх, эйэлээх олох иһин тыыннарын толук уурбут уонна уоттаах сэриигэ саа-саадах тутан Ийэ дойдуларын көмүскээбит чулуу дьоммутун санаан, сүгүрүйэн туран махталларын биллэрдилэр.